Норуот ырыатын туһунан, ыллыах иннинэ оҥоһуллар уос-тиис дьарыктара. «Татыйык» норуот ырыата. Кэпсиир Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун устудьуона Христина Осипова.
Хомуска тардыы ньымлара. Кэпсиир Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун устудьуона Дьулустаан Николаев.
Кэ5э ырыа. Марианна Макарова мелодията, толоруута. Алампа тыллара.
Кэ5э. Алампа тыл., Марианна Макарова мел.
Кэлэ5эйдиир куоластаах, кэ5элиирэ кыылларбыат, кэтит кэскил олохтоох кэрэлиирэ сайыммыат, кэлэриигин кэпсиирэ кэрэкэтиэн эбитиэн, ьу-ьуо, ьу-ьуо, ьу-ьуо, оьу-ьуо!
Кулумурдэс куннэрдээх, кенулуктуур олохтоох, куохтууругэ сайыммыт, куорэйэр — кестер куннэрин, куогэлдьийэ олорон, куугунуурэ кундутуон! Ьуу-ьуо, Ьуу-ьуо, оьу-ьуо!
Уьуор ойуу оттордоох уруй-туску сайыммыт, устар — унаар куннэрин, уйгу — быйан оло5ун, ууран — тутан олорон, уруйдуура олуьуон! Ьуу -ьуо, ьуу — ьуо, ьуу — ьуо, оьу-ьуо!
Итии — илгэ энэрдээх, иллэн — босхо олохтоох, эриэккэстиир сайыммыт, эргийээхтиир куннэрин, этэ-тыына олороро эриэккэьиэн эбитиэн! Ьуу-ьуо, ьуу — ьуо, ьуу — ьуо, оьу — ьуо!
Сибэккилиир оттордоох, сиэдэрэйдиир олохтоох, сэлэлиирэ сайыммыт ситэн — хотон иьэрин, сэгэртэйдиир кыылларбыт, сэьэргиирэ сэргэ5иэн! Ьу-ьуо, ьу-ьуо, ьу-ьуо, оьу — ьуооооо, оьо -ьу- ьуо-ьо-ьо-ьо!
Ырыа муусуката