• En
  • Rus
Культура Якутии
  • En
  • Rus
Остуол оонньуулара

Остуол оонньуулара

Татьяна Павлова 17.06.2020
17.06.2020

Хаамыска

Хаамысканы биир өттө 1,5 см кубик мастан (урут бил балык сиһин тоноҕоһо буолара) оҥоһуллар. Ахсаана 5 буолуохтаах. Бу оонньууга хас баҕарар киһи кыттыан сөп.

1 түһүмэх. Оонньооччу ылбыт хаамыскатын өрө быраҕар, ол кэмҥэ остуолга сытар хаамыскалартан биирдэстэрин ылар уонна өрө бырахпытын хабар. Ити курдук түөрт хаамысканы барытын биирдиилээн хабыахтаах.

2 түһүмэх. Биир хаамысканы өрө быраҕар, ол кэмҥэ остуолга сыталлартан иккини ылар уонна өрө бырахпытын хабар. Хаалбыт икки хаамысканы эмиэ ити курдук ылар.

  • түһүмэх. Биир хаамысканы өрө быраҕар, ол кэмҥэ остуолга сыталлартан биири ылар уонна өрө бырахпытын хабар. Ити кэннэ биири өрө быраҕар уонна үһү ылан баран, өрө бырахпытын хабар (эбэтэр маҥнай үһү, онтон биири ылыан сөп).
  • түһүмэх. Ытыһыгар хаамысканы барытын ылар, биири өрө быраҕар, ол кэмҥэ түөрдү остуолга уурар, өрө бырахпытын хабар. Эмиэ биири өрө быраҕар, остуолга сытааччылары ылар уонна өрө быраҕыллыбыты хабар.
  • түһүмэх. Хаамысканы барытын остуолга быраҕар. Биири ылан өрө быраҕа-быраҕа, барыларын биирдиилээн ытыһыгар хомуйар.
  • түһүмэх. Хаамысканы барытын ытыһыгар ылар, өрө быраҕар уонна ытыһын көхсүгэр тоһуйан ылар. Ытыһын көхсүгэр биир хаалыар диэри атыттары остуолга түспүт хаамыскалар аттыларыгар таммалатар. Онтон ытыһын көхсүнэн биири үөһэ быраҕаат, остуолга баар хаамыскалары уонна өрө быраҕыллыбыты хабар.

Хабылык

Оонньооччу 30 хабылыгын барытын хомуччу тутан, уҥа ытыһын үрдүгэр уурар, 10-20 см үөһэ быраҕаат, ытыһын көхсүгэр түһэрэр. Төһө мас хаалбытын эмиэ үөһэ быраҕаат, 1 хабылыгы хабар. 25 хабылыкка диэри биирдиинэн хабар. Хаалбыт биэс хабылыгы барытын эбэтэр үһү биирдэ хабар. Чуотунайа суох хабылыгы хабан баран, оонньооччу биири ылан, бэйэтигэр уурунар. Тиһэх хабылыгы оонньооччу өрө быраҕар, ылгын чыҥыйатын уонна аата суох тарбаҕын ыккардыгар хабан ылар. Тэттик бириэмэ иһигэр ким элбэх хабылыгы хаппытынан кыайыылааҕы быһаараллар.

Тырыыҥка

Оонньооччу тырыыҥкалары биир илиитинэн остуолга туруору тутар уонна эмискэ илиитин ыһыктар. Тырыыҥкалары «ньуоскатынан» биирдиилээн таһаарарыгар атыттары хамсатыа суохтаах. Хамсатта даҕаны, оонньууну күөн көрсүһээччитэ салгыыр. Тырыыҥка барыта бүтүөр диэри оонньонор. Кыайыылааҕынан саамай элбэҕи хомуйбут кыттааччы буолар.

5
FacebookTwitterWhatsappTelegram

Рубрикалар

  • Ыһыах суолтата
    • Эллэй саҕаттан түстэммит түһүлгэ
    • Үс Хатыҥ
    • Ыһыах туһунан ыстатыйалар
  • Ыһыах сиэрэ-туома
    • Салама ыйааһынын сиэрэ-туома
    • Алгыс
    • Күнү көрсүү сиэрэ-туома
    • Кымыс иһиитин сиэрэ-туома
  • Ыһыах таҥаһа-саба
    • Симэх, киэргэл
  • Ыһыах аһа-үөлэ
    • Астааһын ньымалара
  • Ыһыах ырыата, үҥкүүтэ
    • Оһуохай
    • Олоҥхо
    • Видеоуроктар, текстэр
  • Ыһыах оонньуута, күрэҕэ
    • Күрэхтэр
    • Остуол оонньуулара
    • Хамсаныылаах оонньуулар
  • Хаартыскалар
  • Сайт хамаандата
  • На английском
  • Русская версия
  • Instagram
  • Youtube

2020 - Культура Якутии